Кунду о5олор уонна убаастабыллаах до5оттор!👭👫👬
Биhиги бугун ей-билии курэхпит онлайн оонньуутун ыытан са5алыыбыт! 🙌🙌🙌
📌Быраабылата субу курдук: эhиэхэ анаан ыйытыылары бэлэмнээтибит. Сорох ыйытыыларбыт чопчу эппиэт ирдииллэр, сорох - "туертэн биири тал" диэн буолар👆.
Эппиэттэргитин субу курдук быhыылаан ыыта5ыт😊:
📝
1. Эппиэт
2. Эппиэт
3. - (бу ыйытыыга эппиэтин билбэт буоллаххытына сурааhын тардан баран аhара тура5ыт)
4. Эппиэт
.......
📢 📢 📢
БОЛ5ОЙУН! Хоруйдаргытын бу таhаарыы анныгар СУРУЙБАККЫТ🙅, сообщение быhыытынан http://vk.com/id48804239 ыыта5ыт.📩
📌Тумугу олунньу 21 кунугэр биллэриэхпит😉
Кыайыылаа5ы бириис кэтэьэр🎁
ДЬЭЭРЭЭЭ! Оонньуу бардааа!😋
🔶Бу ыйытыыларга толору эппиэт ирдэнэр.
1. "Cуохтан ыла суо5у тобулу коробун" - ким тылларай?
2. Саха дьахталларыттан бастакы суруйааччы кимий?
3. Иван Гоголев - Кындыл "Хара кыталык" драматын геройун, Хабырыыс уобараhын ойуулаа (оло5о, тороппуттэрэ, до5ордоро)
4. Бэйэ тыгыныттан туора барбыт ойуун ону тэннэ сэhэн аата.
5. 1930—1940-с сылларга суруйааччылар мустар сирдэрэ
6. Староверов диэн кимий?
7. "Cуохтан ыла суо5у тобулу коробун" - ким тылларай?
8. Реас Кулаковскай а5атыгар анаабыт айымньыта?
9. Ча5ылхай Максим диэн норуот кими ааттыырый?
10. "Уйэ" сурунаал бастакы нуемэрэ хаьыс сыллаахха этэй?
11. Убайдыы-бырааттыы Сэмэн, Софрон Даниловтар ханнык улуустан теруттээхтэрий?
12. "Дьыл5ам миэнэ" диэн айымньыны ким суруйбутай?
🔶Бу ыйытыыларга туертэн биир хоруйу тал.
13. Ханнык суруйааччы аатынан Дьокуускай куоракка уулусса суо5уй?
1. Суорун-Омоллоон
2. Николай Неустроев
3. Эллэй
4. Семен Данилов
14. Научнай фантастическай хабааннаах айымньыны ким суруйарый?
1. Егор Неймохов
2. Гавриил Угаров
3. Леонид Попов
4. Моисей Ефимов
15. "Ситтиэ" ( hыттыа-hыттыа) диэн айымньы жанырын бэлиэтээ:
1. чабыр5ах
2. угэ
3. норуот ырыата
4. тойук
16. "Сурэх тэбэрин тухары" роман персонаha буолбат геройски быhаар:
1. Дьор5оотоп
2. Пестряков
3. Кылбанов
4. Аласов
🔶Бу тыллар ханнык айымньыттан ылыллыбыттарый? (Эппиэккитигэр айымньы аатын уонна ааптарын суруйа5ыт. Биирдэстэрин да5аны суруйуоххутун сеп )
17. Кунус эбиэккэ , туун хонукка тохтуу тустэллэр эрэ Арамаан Микиитэни , «суударыскайдарга холбоспутун» иьин мулуктээбитинэн барар. Тулуйа сатаан баран Киргиэлэй истибэт кэмигэр тубэьиннэрэн, уол дорун-дорун: «Киэбиримэ! Аны ыраахтаа5ын суох!» диэн соьумардык оргуйталыы туьэр. Уксугэр Арамаан этэринэн, «чахчы судаарыскайдар кинигэлэлрин», Вахтеровтары аа5ан, кырдьан будугурбут ыты ууга тимирдээри олорон, тыыта туннэстэн ууга туспут киьини ыта кытыыга соьон таьааран быьаабытын аа5ан долгуйа олорор буолар…
18. Бунунну аттары суурдээччинэн биирдэстэрэ- Кириьээн. Кини Иннэри Дьарааьын сууругун суурдэр. Оттон Сургууьут буулуурун Балатаай диэн кини бэйэтин уола суурдэр.
Кириьээн саппыйаанынан орон оноьуллубут кырааскалаах уктаах учугэй ба5айы кымньыылаа5ын кордоон, Балатаай кинини хара сарсыардаттан ыла батыьа сылдьан: «Миэхэ атыыла»,- дии-дии хаайыы бо5ону хаайбыта. Ити кымньыыны Кууьума куораттан таьааран Кириьээннэ «ат суурдээччитин» быьыытынан, бэлэхтээбитэ. Онон кини хайдах да Балатаайга биэриэн ба5арбата5а.
19. Байбал. Тукаам, Марыынаа, эмээхсиэн, кэлин эрэ манна. Марыынаа, эн Дьаакып о5онньор уорэхтээх уолун корбутун дуо?
Марыына. Биирдэ танара дьиэтигэр корбутум.
Быыпсай. Бу ийэн биьикки кырыйдыбыт, онон тыыннаахпытыгар эйигин олохтоон кэбиьээри гынабыт. Ол уорэхтээх киьиэхэ эрэ та5ыс. Бэт коно, сымна5ас, арыгыны-хааттыны билбэт киьи. Бу киьини сирдэххинэ , биьиги хоргутуохпут, эйиэхэ утуону саныахпыт суо5а, онон хайаан да5аны биьиги этэр киьибитигэр булгу та5ыс. Билигин кэлиэхтэрэ, онно ол-бу буола мунньанныы олороойо5ун, ону ойдуо. Чэ бар, ыраас ырбаахыта кэт. Нохоо, бар тахсан кор эрэ, туох эмэ иьэрэ буолаарай?
20. Бырдаахап. Эьиги кэпсээннит? Туох сонун баарый?
Дьарааьын. Сонун баар: Дьокуускай куораттан икки сана атыыьыт та5ыста. Олор бу эйиэхэ ыаллыы кэлэн олороллор. Урукку оттугэр эн биьикки эрэ баай курдук сананар этибит- аны хаама сылдьар о5олуун киьи эргиппэт атыыьыттара буоллулар.
Бырдаахап (кулэр). Ээ. Буолуо суо5а дуо? Ити аата буолла5а: танара баайдаах, уол о5о дьоллоох диэн.